Билинии [Признание]

Билинии
Эйэ5эс сылаас мичээргэр
Керебун олох суолтатын.
Эмискэ санаан кэлэбин
Кэрэ да кунду бэйэ5ин.

Буоллун аналын атын,
Ба5ар сурэ5ин ыраах,
Билэбин, син биир аатын
Буолуо5а сурэхпэр тыыннах.




Эн суоххар
Элбэх куннэр ааспыттара,
Эн барбытын.
Эйигинэ суох буоларга
Уерэммитим,
Ол эрэн билигин да5аны
Харахпын симтэрбин
Керебун эйигин,
Эн миэхэ мичээргин.

Сылаас кун имэрийэ
Керер миигин,
Ол аата эн миигин
Хантан эрэ кере5ун.
Ол эрэн билэбин мин син биир,
Барбыккын миигиттэн,
Онноо5ор мин туулбэр
Аттыбар эн суоххун.




Ким да эппэтэ5э

Ким да эппэтэ5э,
Маннык буолуо диэн миэхэ -
Бастакы таптал туhунан
Билбэтэ5им мин.
Ким да эппэтэ5э,
Сурэх ыалдьан ытыырын,
Таптыыр киhи таннарбытын
Тулуйбакка.

Билбэтэ5им мин, сэрэйбэтэ5им
Тапталтан дьоллонон
Кетеллерун кыната да суох.
Билбэтэ5им мин, сэрэйбэтэ5им
Хайда5ын со5отох хаалар,
Тапталы сутэрэр диэн.




То5о
Этиий миэхэ до5оруом,
Этиий кистээбэккэ эн,
Туох санааттан ал5аhы
Онорбутун эн куhун

то5о миигин таннаран
Барбытын эн атынна?
То5о миигин эн маннык хомоттун?

Билбэккин эн билигин,
Мин хайдах олорорбун,
Эн миигин таннарбыккын
Умна сатыыбын куруук.

Ол эрэн мин сурэ5им
Туун аайы санаан ытыыр,
То5о эйигин маннык таптыыбын?
Туох буруйум туhугар
Барбытын эн атынна?
То5о эйигин умнубаппын сатаан?

Этиий харахпын керен,
Этииий кырдьыгы эрэ,
Туох санааттан эн миигин
Сыыска-буорга тэбистин?

Туох эйигин атынна
Анньыбыта, этиий эн.
То5о миигин кинилиин
Эн тэннээтин?
То5о миигин таннаран
Барбытын эн атынна?
То5о миигин эн маннык хомоттун?



*******************

Бэйэм бэйэбиттэн ыйыттым,
Туул этэ дуу илэ этэ дуу?
Бэйэбэр хардааны булбатым,
Ба5ар эн этиэ5ин сотору.

Билбитим мунура суох махталы,
Билбитим куустээх ахтыл5аны
Эн кэлбиккэр мин олохпор.

Ол кэрэ киэhээни саныыбын,
Сурэхпэр саhыарбыт тугэммин.
Эйиэхэ махталбын ыытабын,
Буебэйдээн ууннэрбит тапталбын.
Hosted by uCoz