Ыраахтан ыллыыр ырыабын
Ыйдана киэhэ ыытабын, ыытабын.
Эйигин саныы-саныыбын
Элгээни кыйа хаамабын, эльгэни кыйа хаамабын.
Кэм-кэрдиис тургэн да эбит
Куhуммут номнуо эргийбит.
Саhарбыт хатын лабаата
Сэбирдэх кыымын тамнаата.
Былырыын куhун бачча5а
Баарын дии эн бу чагда5а, чагда5а.
Тыыланан иhэн ыллыыргын
Тыыммака истэр буоларым, тыыммака истэр буоларым
|